Үөһээ Бүлүү бастакы сүһүөх оскуолатыгар муус устар 29 күнүгэр төрөппүт конференцията ыытылынна. Конференция «Арчы” дьиэтигэр
ыытыллыбыта, үлэ ис хоһоонун дириңэттэ, кэңэттэ, элбэх саңа этиилэрин, толкуйу киллэрдэ.
О5ону сахалыы тыыңңа иитии – конференцияны "Арчы” дьиэ хаһаайына, саха
үгэстэрин үөрэтээччи, иитээччи, "Душа России”знак хаһаайына, олоңхоһут, тойуксут
- Кирилл Никонович Никифоров алгыс тылынан аһан ситэрэн-хоторонбиэрдэ.
Конференция5а эдэр төрөппүттэр
кэлбиттэрэ, дьиэттэн ийэ а5а иккиэн кэлиитэ, ийэ о5отун кытта а5албыта, киһи
сүргэтин көтө5өр, айымньылаах үлэ5э кө5үлүүр. Н.П. Корякин Удьуор утум –
дакылааты эдэр төрөппүттэргэ тиийимтиэ гынна, олус ылыннарыылаахтык оңордо.
Салгыы "Дор5оонноох саңа – өй санаа сайдар төрдө” дакылааты Данилова Т.А. аахта. Алаһа эбээлэр
түмсүүлэрин салайааччыта Васильева Дария Семеновна Саха төрүт аһа доруобуйа5а
туһатын, төрөппүт Догорова Араппаас Егоровнакыл оңоһуктар кистэлэңнэрин
кэпсээбиттэрэ төрөппүтэри интэриэстэрин тарта.
Уопсай үлэ түмүгэр элбэх төрөппүт көхтөөхтүк кэпсэттэ, сонун
этиилэри киллэрдилэр. Ол курдук саха о5отун сахалыы тыыңңа иитии тыын боппуруос
буоларын ыйдылар. Саңа оскуола үлэ5э киирэригэр, сахалыы тыыннаах, хайысхалаах
буолара наадатын, ону ситиһэргэ эрдэттэн, тиэргэниттэн са5алаан киэргэтии
(оформление) ис-тас оңоһуутун былаанын бэлэмниири туруорустулар. Оскуола5а
үөрэнээччилэр сахалыы таңаһы тиктэрэн, нэдиэлэ биир күнүгэр хайаан да кэтэллэрин
ирдииргэ. Кылынан оңоруу дьарыгын төрөппүттэргэ анаан оскуола5а
маастар-кылаастары ыыттарарга ба5а санааларын төрөппуттэр этиннилэр. Эһиилги
үөрэх дьылыгар о5олорго кылынан дьарыкка куруһуогу Догорова А.Е. салайааччылаах
үлэлэтэргэ. Төрөппүккэ аналлаах лекторийдары интэриэстэринэн тэрийэр наадалаа5ын
ыйдылар. О5о кыра сааһыттан санаатын сааһылаан этэрин ситиһэр сыалтан, үлэ
араастарын кэңэтэргэ, ол иһигэр олонхону үөрэтиигэ, туруорууга, араас аа5ыыларга
о5ону салгыы кытыннарыыга, төрөппүт о5отун кытта ситимнээх бодоруһуутун
үрдэтэргэ.
Төрөппүттэр, тэрийээччилэр
наадалаах конференция таһаарыылаахтык, туһалаахтык барбытыттан астынан тар5астылар.
Төрөппүттэр көхтөөхтөрө, элбэх саңа этиини киллэрбиттэрэ, оскуоланы кытта
бииргэ үлэлиир ба5алаахтара оскуола коллектибын үөрдэр, таһаарыылаах үлэ5э кө5үлүүр,
эбээстиир.
Оскуола учуутала Данилова Т.А.
|